Минус

Павел Семёнов - Махтанабын ийэбэр

00:00
00:00

Текст (слова) песни

Павел Семёнов - Махтанабын ийэбэр

Тугу этиэм этэй эһиэхэ мин -
Ырыам тыла олус да сымсаата.
Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын
Ытыһым үрдүгэр уулларабын.

Күн-күбэй ийэбэр анааммын
Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын.
Оҕо сааспын санаан улааппыппар,
Бар дьонум алгыһын ылыммыппар.

Хос ырыата:

Махтанабын, махтанабын,
Эйиэхэ, күн-кубэй ийэбэр!
Махтанабын, махтанабын,
Эһиэхэ, бар дьоммор!

Хайыаҥ этэй алҕаhаабыт күммүн,
Өр сурук суруйбатах буруйбун?
Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин
Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин.

Күн-күбэй ийэбэр анааммын
Арай этиэм мин күүстээх тапталбын!
Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр,
Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр.

Хос ырыата.

Скачать минусовку

Павел Семёнов - Махтанабын ийэбэр

Твой аватар